Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сылын бэлиэтээн
Опубликовано: 14.02.2022
Быйыл саха литературатын классик суруйааччыта С.С. Яковлева – Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сылын туолар. Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристиин 1892 сыллаахха тохсунньу 12 (24) күнүгэр Чурапчы оройуонун Чакы сэлиэнньэтигэр төрөөбүт. Күн сиригэр баара-суоҕа 50 сылы олорон аастар даҕаны, кини социалистическай реализм хайысхатынан норуокка биллэр чаҕылхай айымньылары суруйан хаалларбыта. Хараҕынан көрбөт буолан, төһө даҕаны хараҥаҕа хаайтардар, Эрилик Эристиин хорсун санаалаах киһи буолан, ыарыыга баттаппакка, айан-тутан аатын литератураҕа бигэ хаалларбытын иһин, норуокка кинини “саха Корчагина” диэн сүгүрүйэн ааттыыллар.
Биир дойдулааҕын туһунан “Эриликтинн алтыһыы” диэн интэриэһинэй кураторскай чааһы Екатерина Дмитриевна Попова 2 ТПСП бөлөх студеннарыгар анаан олунньу 11 күнүгэр ыыппыта. Бэсиэдэҕэ бөлөх оҕолорун 80 бырыһыана кыттан, ZOOM, ватсап нөҥүө сибээстэстилэр. Кэпсэтии сэргэх буолла, оҕолор суруйааччы айымньыларын билэллэр, аахпыттар эбит. Оттон аахпатахтар дьэ ааҕыах буола сэҥээрдилэр. Оннук эрэ буоллун!
Сахалыы саҥалаах, суруктаах- бичиктээх саха дьонугар барытыгар бэлиэ күнүнэн – Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэ бастыҥа буоллун! Тылбыт баарын тухары саха норуота баар! Онон саха тыла сүппэтин, үүнэ- сайда турдун!
“Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникума” орто анал үөрэх кыhатын пресс-сулууспата