Опубликовано: 27.02.2020

Вчера 26 февраля ветераны-педагоги, преподаватели и студенты Якутского сельскохозяйственного техникума исполнили большим хором песню   «Хайыhар» (сл. И.Винокурова- Чаҕылҕан, муз. Андея Костина).

Хор исполнил знаменитую известную песню в честь наступающего священного юбилея – 75-летия Победы советского народа над фашистской Германией в Великой Отечественной войне.

Хором дирижировала заслуженный работник культуры Республики Саха (Якутия), ветеран Якутского сельскохозяйственного техникума Ирина Васильевна Абрамова.

Коллектив техникума очень благодарен, что для исполнения песни подошли уважемые ветераны – Мария Егоровна Борисова, выпускница техникума 1943 года, Мария Михайловна Шадринова, выпускница техникума 1948 года, заслуженный ветеринарный врач ЯАССР, Клавдия Алексеевна Анисимова, выпускница 1948 года, заслуженный агроном РСФСР, Тимофеева Алла Матвеевна, представительница семейной династии преподавателей техникума, почетный работинки СПО РФ, Сивцева Елена Семеновна, ветеран ветеринарного отделения техникума.

Почетной гостьей стала Людмила Даниловна Слепцова, автор флага Республики Саха (Якутия), народный художник республики, заслуженный деятель искусств РФ и РС (Я), первая женщина живописец из народа саха. Коллектив техникума гордится тем, что Людмила Даниловна разработала и флаг нашего учебного заведения – Якутского сельскохозяйственного техникума.

Спасибо вам, наши ветераны, за поддержку юбилейной акции студентов и преподавателей современного Якутского СХТ?

 

Крткая история создания песни  «Хайыhар»

 

«Хайыhар»

 

Илья Чаҕылҕан тыллара, Андрей Костин мелодията.

(с фрагментами из фильма «Журавли над Ильменем»)

 

Хоту дойду хонноҕуттан

Колонналар бардылар,

Хара тыанан, толоонунан

Хайыhардар дайдылар.

 

Хос ырыата.

Өстөөх ханна саhан сылдьар,

Өстөөх ханна хайыhар,

Ситиэ онно сытыы буулдьа,

Ситиэ сыыдам хайыhар!

 

Сибиир улуу уолаттара

Силлиэрдилэр иhиирэ,

Туундара тыйыс уолаттара

Туруннулар сэриигэ.

 

Биллин фашист баhылыга

Биhи чаҕаан кууспутун,

Кыайыы сырдык дьаралыга

Биhигини кууспутун.

 

1942 с. Илья Ча5ыл5ан

 

https://youtu.be/T-3VM5ql4ys

 

Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан аатын курдук кылгас, ол эрээри чаҕылхай олоҕу олорбута. Хорсун майгытын булгуруппатах уонна күүстээх санаатын өһүлбэтэх буруйугар олохтон эрдэ туораабыта. Ханнык да түгэҥҥэ Ылдьаа Чаҕылҕан санаатын аһаҕастык этэрэ, кырдьыгы эрэ өрө тутара, саллар сааһыгар кими да сирэй салаан эккэлээбэтэҕэ…

Биллиилээх поэт, тылбаасчыт, публицист балаҕан ыйын 9 күнүгэр Нам оройуонун Куһаҕан Ыал нэһилиэгэр (билиҥҥитэ Аппааны) сүөһү ииттэн олорор тыа сирин бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.

Саха уолаттарын кыайыыга кынаттаабыт «Хайыһар» ырыа автора Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан чахчы даҕаны олус кылгас эрээри, уустук уонна үтүө олоҕу олорбута. Сытыы тыллаах, тута хоһуйар дьоҕурдаах, чаҕылхай талааннаах поэт бэриллибит кылгас кэмҥэ хорутуулаахтык үлэлээбитэ, норуотугар туһалаах буоларга дьулуспута. Тоҕо диэтэр кини ону дьолунан ааҕара.

 

«Хайыһар ырыатын» историята

 

Чаҕылҕан – фронтовик поэт.  Сэриигэ кылгастык да буоллар сылдьыбыта. Саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай Петр Тобуруокапка маннык кэпсээбит: «Ити «Хайыһар ырыатын» Чаҕылҕаҥҥа мин суруйтарбытым ээ! Мин кинини всеобуч ротатыгар байыаннай дьыалаҕа бэлэмниэхтээҕим, рота командира этим. Биирдэ хайыһарга эрчиллии буолбутугар, Илья Дорофеевич: «Николай Гаврильевич, миигин итинтэн көҥүллээ эрэ, мин кыайан хайыһардыа суохпун!», — диэтэ. Көрбүтүм – киһим, кырдьык да, дьарамай, дөлөкүспүт уолаттардыын сылдьар кыаҕа суох! «Чэ, буоллун! Хаал! Ол гынан баран, биһиги кэлиэхпитигэр диэри манна олор уонна биир хоһоонно суруй!», — диэтим. Киһим хаалла, кэлэрбитигэр «Хайыһар ырыата» хайыы-үйэ бэлэм этэ! Онон итиннэ мин да кыттыылаахпын! – диэн күлэрэ».

Ырыа мелодиятын нуучча талааннаах композитора Андрей Филиппович Костин айбыта. Ол маннык. Биирдэ Костин поеһынан айаннаан иһэн бу хоһоон тыллара көлүөһэ тыаһыгар ханыылаһан ньиргийэн иһиллиэхтэрин, өрө күүрүүлээхтик, дохсуннук ылланыахтарын өйдүү биэрбитэ. Тута матыып айан Чаҕылҕаҥҥа ыыппыта. Хоһоон автора сөбүлэспитэ.

Хайыһар биригээдэтин байыаһа, снайпер Алексей Спиридонович Бродников поэт бу ырыа туһунан маннык эппит: «Ыарахан күннэргэ «Хайыһар ырыата» биһигини быыһаабыта, уолаттар бойобуой марш матыыбыгар чугаһатан ыллыыллара. Оччоҕуна сэниэтийэрбит. Санаабыт бөҕөргүүрэ. Сылайан охторбут буоллар эрэ, «Хайыһар ырыатын» тардан кэбиһэрбит. Элбэх саханы бу ырыа өйөөбүтэ, кинилэргэ күүс-сэниэ эппитэ. Бу хоһоон саха дьолугар айыллыбыт».

«Илья Егорович Винокуров – Чаҕылҕан» (2014) кинигэттэн

 

Пресс-служба Якутского сельскохозяйственного техникума