«Сымнаҕас көмүс түсчүттэрэ» («Мягкое золото земли Олонхо») кинигэ таҕыста
Опубликовано: 15.05.2023
“Охотовед” уонна “Ойуур уонна ойуур хаһаайыстыбатын специалиһа” идэлээх студеннар болҕомтолоругар!
Ааспыт муус устар ый тиһэх күннэригэр Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар сонун, сэргэх уонна үөрэхтээһиҥҥэ туһалаах көрсүһүү буолан ааспыта. Бу көрсүһүүгэ «Сымнаҕас көмүс түсчүттэрэ» («Мягкое золото земли Олонхо») диэн 2023 сыллаахха “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар саҥардыы тахсыбыт хомуйан оҥорбут автордар кэлэн ыалдьыттаабыттара. Кинигэни хомуйан оҥордулар В.В. Габышев, Н.Н. Сметанин, П. Н. Коркин, А.А. Габышев, Д.С. Лугинов, С.И. Андросов – булт уонна булчуттар эйгэлэригэр биллэр ааттаах-суоллаах, аптарытыаттаах дьон.
Кинигэни хомуйан оҥорбут дьон Саха сиригэр булт сайдыытын биир тутаах тэрилтэтин «Сахабулт» тэриллибитэ 30 сылыгар анаабыттар.
Кинигэ электроннай варианын Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун сайтыгар бу ссылканан киирэн ааҕыаххытын сөп https://ysxt.ru/zoloto_olonho.pdf
Бу кинигэ утуйары умнан туран түүннэри-күннэри үлэлээбит, сыраларын биэрбит дьиҥнээх патриот дьон – охотоведтар, булт хаһаайыстыбатын тэрийээччилэр, салайааччылар, товароведтар уонна тайҕа хаһаайыннара – булчуттар, сонордьуттар тустарынан кэпсиир. «Сахабулт» 30 сыллаах үбүлүөйүн кэрэһилээн тахсар кинигэҕэ байанайдаах булчуттар үтүө үгэстэрэ, мүччүргэннээх сырыылара, Саха сирин кэрэ айылҕата хоһоонунан, кэпсээнинэн уус-ураннык хоһуйуллубута туспа түһүмэҕинэн киирдэ. Кинигэ ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр анаммыт.
Кинигэ киирии тылын биллиилээх суруналыыс, поэт Борис Иванович Павлов-Кэм суруйда. Кылгастык кинигэ “Киирии тылын” билсиҥ.
“ Тыһыынчанан сылларга саха киһитин дьылҕатыгар олох араастаан уларыйан-тэлэрийэн, ардыгар күннээх халлаан курдук сырдаан, сороҕор хара былыт бүрүүкээбитин курдук хараҥаран кэллэ. Ол кэмҥэ саха киһитигэр биир майгы хаһан да халбаҥнаабат. Ол кини айылҕаҕа сыһыана, төрөөбүт дойдутугар таптала, төрүт дьарыгар бэриниилээҕэ. Төрүт олохтоох омук туох баар сүрүн итэҕэлэ, сиэрэ-майгыта, олоҕун оҥоһуута онтон сиэттэрэн тахсар. Булдунан иитиллэн, айылҕаттан аһаан кэлбит уһук хоту дойдуну баһылаабыт омуктар сирдэрэ, айылҕалара баайынан араас кыһалҕаҕа, үтүрүллүүгэ да түбэһэ сылдьыбыттарын история чахчылара кэрэһилииллэр. Ити барыта түмүллэн биир улахан дьылҕаҕа кубулуйар. 90-с сылларга сэбиэскэй былаас эстэн, 70-тан тахса сыл үлэлээн кэлбит политическай, экономическай система үрэллэн, ыһыллыы-тоҕуллуу, мунуу-тэнии, хоро таһыы кэмэ кэлбитэ. Оннук кэмҥэ идэлэрин таптыыр, Саха сирин айылҕата чөл буоларын туһугар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар идэтийбит охотоведтар, салайааччылар бастакы президеммит М.Е. Николаев көҕүлээһининэн «Сахабулт» национальнай концерн тула мустан оччотооҕу кэмҥэ ыһыллан эрэр булт хаһаайыстыбатын өрүһүйбүттэрэ билигин эмиэ история. «Сахабулт» национальнай концерны тэрийии туһунан СӨ президенэ М.Е. Николаев Ыйааҕа 1992 сыл балаҕан ыйын 28 күнүгэр тахсыбыта. Бу тэрилтэ Саха сирин охотоведтарын, булчуттарын түмэн 28 оройуоҥҥа концерн филиаллара аһыллан, тайҕаҕа саа тыаһа доргуйан, булчут барахсан үүтээниттэн бур-бур буруо тахсан, кини сыралаах үлэтэ тиллэн, анал таҥаһынан, саанан-сэбинэн хааччыллан барбыта. Онтон дойдубут күндү түүлээҕэ, кылааннаах баайа эмиэ Россия, аан дойду үрдүнэн «Саха сирин саарбата дуо?» – дэтэн суолу тэлэйбитэ. Бу тахсыбыт кинигэ итиннэ утуйары умнан туран түүннэри-күннэри үлэлээбит, сыраларын биэрбит дьиҥнээх патриот дьон – охотоведтар, булт хаһаайыстыбатын тэрийээччилэр, салайааччылар уонна тайҕа хаһаайыннара – булчуттар, сонордьуттар тустарынан кэпсиир».
“Охотоведение и звероводство” уонна” Лесное и лесопарковое хозяйство” идэҕэ үөрэнэр студеннар курсовой, дипломнай үлэҕитигэр туһаныаххытын сөп. Кинигэҕэ булт салаатын сайдыытын, үлэтин туоһулуур үгүс историческай туоһулар, статистика дааннайдара киирдилэр.
Үбүлүөйдээх кинигэ үбүлээһинигэр «Сахабулт» АО (генеральнай дириэктэр М. Э. Васильев), Горнай улууһуттан «Тулааһын» ХЭТ (дириэктэр А. А. Иванов), «Түүлээҕи тутар-харайар киин» (салайааччы Е. П. Андросов), Өлөөкө-Күөллээҕи сылгы собуота (салайааччы К. Н. Винокуров), Горнай улууһун баһылыга Н. В. Андреев күүс-көмө буолбуттар. Кинигэҕэ А. Каменева, Е. Захарова, Д. Туприна, В. Софронова, Е. Макарова, М. Афанасьева, В. Габышева-II, С. Сивцева хаартыскалара, Марианна Барахова «Ойуу тылдьыт» үлэтэ, Е. Майкова («Неизвестная Сибирь», 14 №-рэ) ыстатыйата туһанылынна диэн бэлиэтээбиттэр автордар.
Ааҕыҥ, санааҕытын-билиигин хаҥатыҥ, үлэҕитигэр туһаныҥ!
“Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун” пресс-сулууспата