«Саха суруйааччыларын төһө билэҕин?»
Опубликовано: 12.02.2021
Олунньу 11 күнүгэр ZOOM көмөтүнэн Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун студеннара «Саха суруйааччыларын төһө билэҕин?» диэн блиц-ыйытыы күрэҕэр кытыннылар.
Үгэс быһыытынан, саха суруйааччыларын туһунан викторинаҕа техникум студеннара үөрэ кыттааччылар, билиилэрэ чиҥ, киэҥ буоларыттан бука бары үөрэбит. Быйыл Интернет ситимин нөҥүө бастаан ыытыллар буолан, кыттааччыбыт лаппа аҕыйах буолла – 11 оҕо киирэн кытынна. Оттон сорох баҕалаах оҕолор, холобур, илин эҥэр улуустартан, электричество баран уонна интернет бытааран кыайан киирбэккэ хаалбыттарын туһунан хомойон преподавательга биллэрбиттэрэ.
Онон 11 студент күрэххэ кыттаннар саха суруйааччыларын үчүгэйдик билэллэрин, саха литературатын сэҥээрэллэрин, бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр.
Күрэх аата күрэх. онон ким түргэнник, таба эппиэти биэрбитинэн кыайыылаахтар быһаарылыннылар.
Үһүс күрэҕэр олус актыыбынайдык кыттар Виталий Черноградскай (1 лес) таһыччы билиилээҕин бигэргэттэ уонна 1 миэстэни ылла.
2 миэстэҕэ Александр Кычкин (1 охот) эмиэ дьаныардаахтык ылсан кытынна, 2 бириистээх миэстэҕэ таҕыста.
3 миэстэлээх Валерия Оконешникова (2 тпсп) кыайыылаахтар педъесталларыгар турар чиэстэннэ.
Бары кыттыбыт студеннарга уонна куратордарга преподаватель Надежда Николаевна Громова истиҥник махтанар, үүнэн иһэр Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн барыгытын истиҥник эҕэрдэлиир уонна төрөөбүт тылгытын умнубаккытыгар, таптыыргытыгар, сүрэххитигэр иҥэринэ иэйэн саҥараргытыгар, айаргытыгар ыҥырар!
Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун пресс-сулууспата