Опубликовано: 27.09.2020

Уважаемые якутяне!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днём государственности Республики Саха (Якутия)!

В этом году мы отмечаем 30-ю годовщину принятия Декларации о государственном суверенитете Якутии, подтвердившей незыблемость нашего единства в составе федеративного Российского государства. Эта знаменательная дата объединяет всех жителей республики, кто связал свою жизнь и судьбу с нашим северным краем, кто стремится сделать его лучше. Всё, чем богата наша республика, чем мы привыкли гордиться, – это заслуга многих поколений якутян!

Сегодня Республика Саха (Якутия) – один из динамично развивающихся субъектов многонационального Российского государства. Якутия занимает лидирующие позиции по темпам социально-экономического развития среди регионов Дальнего Востока.

Несмотря на все сложности, связанные с пандемией коронавирусной инфекции, в республике осуществляются крупные индустриальные проекты российского и мирового уровня, претворяются в жизнь инициативы в приоритетных отраслях экономики, призванные служить благополучию людей, повышению качества их жизни. Продолжается работа по созданию Якутского центра добычи газа и нефти, а недавно мы стали свидетелями запуска первой очереди крупнейшей угольной шахты в России – «Инаглинская» и горно-обогатительной фабрики «Ингалинская-2», ввода первой очереди самого крупного угольного терминала «ВаниноТрансУголь», построенного компанией «Колмар» в Хабаровском крае. Реализация таких масштабных проектов является вкладом республики в укрепление мощи и лидерства всей России.

В городах и районах активными темпами продолжается строительство детских садов и школ, объектов культуры и спорта. В столице республики завершился первый этап проекта государственно-частного партнёрства, в рамках которого введены 12 социальных объектов: 4 школы, 5 детских садов, Детская школа искусств, первая на Дальнем Востоке Smart-библиотека и Центр культуры и современного искусства им. Ю.А. Гагарина. Ввод этих объектов за короткий срок существенно улучшил условия воспитания подрастающего поколения столицы, культурной жизни горожан.

При поддержке федерального правительства в Якутске продолжается строительство крупных объектов здравоохранения – Онкологического и Кардиологического диспансеров. Не замедляются темпы строительства жилья, социальных объектов, ремонта и реконструкции автомобильных дорог в районах республики.

Впереди нас ожидает ещё много новых проектов, интересных событий, больших побед и достижений. Каждый из вас своим созидательным трудом вносит лепту в коренное улучшение качества жизни людей, в формирование лидерских позиций республики в социально-экономическом развитии. Уверен, что сплоченность, энергия и целеустремленность помогут нам преодолеть все трудности, решать самые смелые задачи на благо процветания родной Якутии и страны!

С праздником, дорогие сограждане! Новых достижений, счастья, мира, благополучия и всего самого доброго вам и вашим близким!

 

Глава Республики Саха (Якутия)                   Айсен Николаев

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Быйыл биһиги Саха сирин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыллыбыта 30 сылын бэлиэтиибит. Бу – биһиги Россия федеративнай судаарыстыбатын быстыбат сорҕото буоларбыт бигэ бэлиэтэ. Бу – өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун, хотугу кыраайы кытары олохторун холбообут бар дьону барытын сомоҕолуур үөрүүлээх күн. Биһиги баайбыт, биһиги киэн туттуубут – үгүс көлүөнэ сыралаах үлэтин түмүгэ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бүгүн – элбэх омуктаах Россия судаарыстыбатын биир эрчимнээхтик сайдар субъега. Саха сирэ Уһук Илиҥҥи регионнар ортолоругар социальнай-экономическай сайдыытын тэтиминэн бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар.

Коронавирус дьаҥа турбутунан төһө да ыарахаттар үөскээбиттэрин иһин, өрөспүүбүлүкэбитигэр Россия уонна аан дойду таһымнаах бөдөҥ индустриальнай бырайыактар үлэлэрэ ыытыллар, экономика тумус салааларыгар олох хаачыстыбатын тупсарарга, дьон этэҥҥэ буолуутун хааччыйарга туһуламмыт көҕүлээһиннэр олоххо киирэллэр. Гааһы уонна ньиэби хостуур үлэ Саха сиринээҕи киинин тэрийии салгыы ыытыллар, бу соторутааҕыта биһиги Россияҕа чоҕу хостуур бөдөҥ шахта бастакы уочаратын – “Инаглинскайы” уонна “Инаглинскай-2” хайа-байытар фабриканы, Хабаровскай кыраайга “Колмар” хампаанньа туппут “ВаниноТрансУголь” чох бөдөҥ терминалын бастакы уочаратын үлэҕэ киллэрии туоһуларынан буоллубут. Маннык киэҥ хабааннаах бырайыактары олоххо киллэрии өрөспүүбүлүкэ Бүтүн Россияны өрө таһаарыыга, кыаҕын бөҕөргөтүүгэ сүҥкэн кылаата буолар.

Куораттарга уонна оройуоннарга оҕо саадтарын, оскуолалары, култуура уонна успуорт объектарын тутуу салгыы тэтимнээхтик барар. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэ бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Ол үлэ чэрчитинэн 12 социальнай объект: 4 оскуола, 5 оҕо саада, Оҕо искусствотын оскуолата, Уһук Илиҥҥэ бастакы Smart-библиотека уонна Ю.А. Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы искусство киинэ сүрдээх кылгас болдьох иһигэр тутуллан үлэҕэ киирдилэр, онон киин куорат үүнэр көлүөнэтин иитии, куорат олохтоохторун култуурунай олоҕун усулуобуйата эбии тубуста.

Федеральнай бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын бөдөҥ объектарын – Онкологическай уонна Кардиологическай диспансердары тутуу салҕанар. Өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар олорор дьиэлэри, социальнай объектары тутуу, массыына суолларын өрөмүөннээһин уонна уларытан тутуу тэтимэ түспэт.

Инники өттүгэр биһигини саҥа бырайыактар, умнуллубат кэрэ түгэннэр, кыайыылар уонна үрдүк ситиһиилэр күүтэллэр. Эһиги хас биирдиигит дьон олоҕун хаачыстыбатын төрдүттэн тупсарарга, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытынан инники күөҥҥэ тахсарыгар бэйэтин үлэтинэн сүҥкэн кылааты киллэрэр. Сомоҕолоһуу, күүстээх санаа уонна дьулуурдаах буолуу төрөөбүт Сахабыт сирэ уонна дойдубут бүттүүн чэчирии сайдарын туһугар хорсун соруктары быһааран, бары ыарахаттары туоруурбутугар бигэ тирэх буолуоҕа диэн эрэнэбин!

Бырааһынньыгынан, биир дойдулаахтарым! Эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар саҥа ситиһиилэри, дьолу, эйэни, этэҥҥэ буолууну уонна бары үтүөнү баҕарабын!

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                                       Айсен Николаев