Бүгүн, кулун тутар 16 күнүгэр, Алексей Елисеевич Кулаковский – Өксөкүлээх Өлөксөй (1877-1926) төрөөбүтэ 145 сыла
Опубликовано: 16.03.2022
«…всю жизнь А.Е. Кулаковский провел непосредственно в гуще народной жизни, исколесил родную Якутию вдоль и поперек, научно исследуя язык, этнографию, историю своего народа. Потому был кровь от крови, плоть от плоти своего народа саха «природным якутом»… М. Николаев
А.Е. Кулаковский 1877 сыллаахха кулун тутар 16 (эргэ халандаарынан 4) Боотуруускай улуус Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ, кылгас да буоллар, араас түгэннэринэн баай олоҕор үгүһү айан, туохха да тэҥнэммэт нэһилиэстибэ хаалларбыта бүгүҥҥү күҥҥэ үлэлии турар.
Поэт, бөлүһүөк А.Е. Кулаковскай ылсыбыт үлэтэ барыта норуотугар анаммыт алгыһынан саҕаланан айымньылаах аартыктары арыйаллар. Кини олоҕун саха омук сайдарын туһугар анаабыта, норуотунан киэн туттара, сүгүрүйэрэ. Бу олоҕун сүрүн ис хоһооно буолан, айар да, чинчийэр да үлэтин Духуобунай тирэҕэ буолбута саарбаҕа суох, ол туоһута ханнык да көлүөнэ дьоҥҥо суолтата сүппэккэ, саҥаттан саҥа суоллары арыйар, чинчийэр кыаҕы үөскэтэр.
Дьокуускайдаа5ы тыа хаһаайыстыбатын техникумун библиотекатыгар А.Е. Кулаковскайга анаммыт быыстапка-стенданы библиотека үлэһиттэрэ бэлэмнээбиттэр. Суруйааччы кинигэлэрин, кини туһунан кэпсиир атын информацияны быыстапкаҕа билсиэххэ сөп.
Инф из Интернета