Опубликовано: 30.01.2013

 

 

В декабре месяце творческим клубом «Ыллык» объявлен конкурс «АЙАР ТАЛААН АБЫЛАНА» для студентов техникума. Конкурс продолжается. Представляем лучшие работы студентов:
Хорбокова Ньюргуяна, 1 ДОУ

Дьыл5а ыллыктара (кэпсээн)
 
Саас кэлэн, айыл5абыт уһуктубукка дылы: хаар ууллан чалбах, бадараан тахсыбыт, соторутаа5ыта  а5ай хаарынан бүрүллэн турбут мастарга чыычаахтар уйа туттан түбүгүрэллэр, ырыалара биир кэм лын кыныыр. О5о аймах көн үл көччүйүөн, оонньуон-көрүлүөн ба5арар кэмэ. Уулусса устун үс до5ордуулар хаамсан иһэллэр.
— Дьэ, уолаттар, бүгүн темалыахха эрэ?! — Миша уол тыл көтөхтө.
— Бэркэ эттин, до5оор! Дабаай! – саамай уһуннара, бааһынай уол Коля биллэ сэргэхсийдэ.
— Оттон эксээмэн туһунан ким саныыр? Ама бачча үөрэнэн-үөрэнэн баран, этэннэ уон биирис кылааһы бүтэриэххэ ээ, – кыракый унуохтаах Васялара до5отторун өйөөбөтүн биллэрдэ.
— Оо, кэм биһиги киһибит таннары буолла5а! – Миша күлэ-күлэ Васяны санныга таптайда. — Эксээмэни ба5ас ааһан иһэн туттарыахпыт буолла5а дии! Тула5ын көрүүй — халлаан сылыйан, таһырдьа сырдаан, күүлэйдиргэ саамай сөптөөх кэм кэлбит эбээт, — диэн баран салгыны толору түөһүнэн манньыйбыттыы э5ирийдэ.
— Дьэ, дьэ, сөпкө этэ5ин, – Коля харахтара ча5ылыннастылар. – Оттон эн, Вася, оннук айылаах биһигини акаары дии саныыр буоллаххына, элэс гын. Биһиэхэ мэһэй буолума! – диэн баран туорайдаспыт до5орун түөскэ аста.
— Эппэтэ5э диэйэххит, кэлин бэйэ5ит кэмсиниэххит! – Вася до5отторуттан кэлэйэн, дьиэтин диэки хаамта.
“Сыыһа гынным дуу, хайдах дуу? Чахчы, киһи таһырдьаттан дьиэ5э киириэн ба5арбат курдук ээ… Салгынна сылдьартан, сылаас тыал киһи сирэйин имэрийэриттэн ордук туох баар буолуой? Таах да5аны, мин олохпор саас элбэхтик үүнүө, оттон уон биириһи үйэбэр биирдэ эрэ бүтэриэм…”
 
Кэм-кэрдиис ааһара түргэниэн! Вася до5отторун кытта хаста да кэпсэтэ сатаата да, анарааннылара аахайбаттар, хата, “чункук” атастарын күлүү гыналлар. “О5о эрдэхтэн эн-мин дэспит баар-суох до5отторум иэдээннэ түбэһээри гыннылар буолбат дуо? Ама хайаан арыгы, табах, күүлэй суолун батыстылар?.. Үөрэх, инники туһунан санаабакка сырыттахтара, дьэ, дьэ, куһа5анна!”
Ити курдук бириэмэ ырааттар-ыраатан, эксээмэннэр чугаһаатар-чугаһаан истилэр. От-мас кө5өрөр ыам ыйа бүтэрэ бу кэллэ… Вася күнтэн күн үөрэ5ин айдаана, уруоктарын кэннилэртиттэн эрэпэтиитэрдэринэн сүүрэлииртэн бокуой булбат. Оттон Мишалаах Коля кыһал5алара кыра – көр-нар эрэ сырсыытыгар сылдьаллар.
Эксээмэн бастакы күнэ үүннэ. О5олуун-учууталлыын бары долгуйуу, аймалаһыы. Уон биирис “а” кылаас иһэ уу чуумпу. Учуутал киирэн сорудахтары түнэттэ. Вася хас да ыйы быһа сүүрэн-көтөн, тиритэн-хорутан, кыһаллан эрчиллибитэ таах мээнэ5э хаалбата – көрөөт, сорудахтары кыайарын тута өйдөөтө.
Оттон Коля салынна, уйатыгар уу киирдэ. “Бырабааллыыр киһи буоллум быһыылаах” диэн эрдэттэн бэриннэ. Дьарыктаныы диэннэ наадыйбата5ыттан кэмсиннэ да, хайыай, буолар буолбутун кэннэ. Паарта5а бүк түһэн санааргыы сытан, бэ5эһээ эмиэ хойукка диэри күүлэйдээбитэ кыайан, утуйан хаалбытын билбэтэ да5аны.
Миша биир кэм тулатын көрбөхтүү олордо, көмө көрдөөн иннигэр олорор о5олортон ыйыталаһа сатаата да, онтулара киэр хайыстылар. Үөрэ5эр кыһаллыбатах киһини ким да өрүһүйүөн ба5арбата. Колята утуйан хаалбытын көрөн, “чэ, мин да утуйар инибин” диэн баран, эмиэ паарта5а сытынан кэбистэ.
Ити курдук, бастакы эксээмэннэрэ буолан ааста. О5олор кылаастан тахсан, дьэ, өрө тыыннылар. Утуйа сыппыт уолаттар харахтарын ньухханан, кэри-куру туттан бардылар, ол күн, “санаар5аабыт” аатыран, пиибэлээтилэр.
…Эксээмэн бүтэһик күнэ тиийэн кэллэ. О5олор биир кэм долгуйартан атыны билбэттэр. Вася табаарыстара туралларын көрөн:
          Хайа, уолаттар, хайдаххытый? – диэн сэрэнэн ыйыталаста.
          Бар, бар диибин дии, ньиэрбэбэр оонньоомо, онто да суох үчүгэйэ суох турабын! — Миша бардьыгынаан соһутта.
          Ээ, уоскуй эрэ эн, биһиги бырабааллаабыппытыгар кини туох буруйдаа5ый? – Коля Вася диэки турунна.
          Ээ, хайдах да буолун! Мин бардым, — Миша таһырдьаны былдьаһан, таба5ын уматынна.
Коля Васяттан кыбыстан, кылаас иһигэр дьылыс гынна. Ити курдук, о5о эрдэхтэриттэн эн-мин дэспит до5ордуулар  үс аныы тар5астылар. Кэлин истэрбинэн, Вася ба5а санаатын толорон, сөбүлүүр үөрэ5эр киирэн устудьуоннуу сылдьар. Коля дьоно төлөбүрдээх үөрэххэ кыайан киллэрбэтэхтэрин иһин, дэриэбинэтигэр оробуочайдыы сылдьар. Оттон Миша уол ханна тиийбитэ буолла? Дьон кэпсииринэн, арыгылыы сылдьан уолаттардыын “дьыала5а” түбэспиттэр, икки сылга хаайыыга барбыт үһү. Ким билэр, дьиннээх эрэ, сымыйа…
 
Нюргуяна Пахомова, 2 агро

 
Кунду ийэбэр!
 
Ийэкээм, кундуттэн кунду кун мичээрим,
Кэрэ мааны аЬыныгас ыралаах до5оруом.
Урдук айыылартан анаан-минээн,
Утуону-кэрэни, сырдыгы-ырааЬы уонна тапталы
Уксэтэр дьоллоох киЬи буолан
Аан Ийэ дайдыга уктэнэн кэлбиккэр
Кемус кыырпахтарын, биЬиги, дьоллоохпут.
Ийэ кутун еруу аттыгар
Араначчылыыр, кемускуур
Кунду киЬим, ийэкээм,
Эйиэхэ5э дьол мичилийдин,
Еруу эрэнэр, кэтэЬэр кэскиллэрин
Эн аттыгар, ис дууЬа5ар, сурэххэр
Инникини тускуллуохпут,
Сырдыкка талаЬыахпыт диэн эрэннэрэбит.