Опубликовано: 04.11.2020

Уважаемые якутяне!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с одним из главных праздников России – Днём народного единства!

Этот праздник вдвойне особенный и волнительный в год 75-летия Победы в Великой Отечественной войне. Наши отцы и деды, представляющие самые разные народы, проживающие сегодня на территории необъятной России, все как один поднимались в атаку и шли в смертный бой, защищая Родину от фашистских захватчиков. Великая сила народного единства помогла старшему поколению после разрушительной войны восстановить страну из руин и построить индустриальную державу с мощным промышленным производством.

2020 год в Российской Федерации объявлен Годом памяти и славы. В День народного единства мы отдаём дань уважения многовековой отечественной истории, которая свидетельствует о легендарных страницах, когда российский народ смог объединиться, дать отпор врагам, преодолеть все трудности и укрепить Российское государство. Исторически этот праздник связан с далёкими событиями начала XVII века. Тогда, в 1612 году, для освобождения русской земли от иноземных захватчиков объединились представители всех сословий и народов.

День народного единства напоминает нам о важности консолидации народа и о её богатейших традициях, которые нужно сегодня передать молодым поколениям россиян.

Многонациональная Якутия является неотъемлемой частью российской державы. Более четырех веков мы живём общими для всей страны помыслами и надеждами, дорожим узами братства и дружбы и всегда помним о том, что благосостояние и успех достигаются совместными усилиями.

Якутия вносит достойный вклад в укрепление государства и единства российского общества. Уверен, что мы, объединившись вокруг общей цели развития России, решим все задачи, поставленные перед нами во благо процветания республики и страны.

Поздравляю всех с Днём народного единства! Желаю всем мира, добра, успехов и созидания во благо своих семей, малой родины и российской державы!

 

Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев

04 ноября 2020

 

 

Ил Дархан Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлиир

 

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Россия биир сүрүн бырааһынньыгынан – Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Быйыл, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир сылбытыгар, Норуот сомоҕолоһуутун күнэ ураты суолталаах. Россия араас муннуктарыгар олорор бары омуктар бэрэстэбиитэллэрэ – биһиги эһээлэрбит, аҕаларбыт – биир киһи курдук адьырҕа фашиһы утары Ийэ дойдуну көмүскүүр кырыктаах кыргыһыыга туруммуттара. Норуот улуу сомоҕолоһуутун түмүгэр аҕа көлүөнэ сэрии кэнниттэн урусхалламмыт дойдуну чөлүгэр түһэрбитэ, сүдү промышленностаах индустриальнай дойдуну айан-тутан таһаарбыта.

2020 сыл Россия Федерациятыгар Умнуллубат Албан аат сылынан биллэриллибитэ. Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр биһиги Россия норуота биир сомоҕо буолан өстөөҕү кыайбытын, бары уустуктары туораан судаарыстыбаны бөҕөргөппүтүн кэрэһилиир дойдубут үгүс үйэлээх историятыгар ытыктабылбытын биллэрэбит. История чахчытынан, бу бырааһынньык XVII үйэ саҥатыгар буолбут быһыыны-майгыны кытта ыкса сибээстээх. Оччолорго, 1612 сыллаахха, тастан саба түспүт өстөөхтөртөн нуучча сирин көмүскүүргэ нэһилиэнньэ бары араҥата, бары норуоттар туруммуттара.

Бу бырааһынньык биһиэхэ сомоҕолоһуу дьоһун суолталааҕын уонна Россия олохтоохторо эдэр көлүөнэҕэ тиэрдиэхтээх баай үгэспитин санатар.

Элбэх омуктаах Саха сирэ модун Россия быстыбат сорҕото буолар. Түөрт үйэ тухары биһиги бырааттыы уонна доҕордуу сыһыаммытын харыстаан, дойду үрдүнэн биир санаанан уонна биир эрэлинэн олорон кэллибит, этэҥҥэ буолуу уонна кыайыы норуот күүһүн холбоотоххо ситиһиллэрин мэлдьи өйдүүбүт.

Саха сирэ судаарыстыбаны бөҕөргөтөргө уонна Россия уопсастыбатын сомоҕолуурга дьоһун кылааты киллэрэр. Салгыы бу курдук бары биир сомоҕо буоллахпытына өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут чэчирии сайдарын туһугар туруоруммут бары сорукпутун толоруохпут диэн эрэнэбин.

Барыгытын Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлиибин! Ситиһиилэри уонна дьиэ кэргэҥҥит, төрөөбүт дойдугут уонна модун Россия туһугар айа-тута тураргытыгар баҕарабын!

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев