Библиотекаҕа – Ньукуола күнэ
Опубликовано: 25.05.2018
Ыам ыйын 22 -тэ сайыҥҥы Ньукуола күнэ — саха омук биир саамай күүтүүлээх күнэ. Айылҕа уһуктуута, от-мас көҕөрүүтэ, үөн-көйүүр тыллыыта, кэҕэ этиитэ, самаан сайыммыт эргиллэн кэлиитэ киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллэр кэмэ. Ол иһин былыр – былыргыттан олохтоммут үгэһинэн сахалар бу күн төгүрүк алаадьы сырдьыгынытан, кус миинин буһаран, көрү-нары көҕүлээн малааһын тэрийэллэрэ.
Бу күн өбүгэ үгэһин утумнаан, библиотека иһинэн “Саха оонньуура уонна оонньуута» диэн сэргэх тэрээһин ыытылынна. Библиотекарь Татьяна Николаевна харыстаан муспут саха оонньуурун быыстапката, кэлбит дьон биһирэбилин ылла. Быыстапкаҕа сүрүн миэстэны ынах оонньуур ылара оруннаах. Былыр-былыргыттан ынах саха омук баайа — дуола буолар. Манна көрүөххэ син, туостан кырыллыбыт уулаах ынаҕы, оҕуһү, кус түөһүттэн оҥоһуллубут ураа муостаах үөрүн уонна талахтан кыһыллыбыт ынахтары. Куобах баһын уҥуоҕуттан таныллыбыт «Оҕуһу мииммит киһи».
Остуол оонньуулара оҕо илиитин сайыннарар, өйүн уһугуннарар суолталаахтар. Үгэс буолбут, хабылык, хаамыска остуол ооньуутун саамай тарҕаммыт көрүҥэ. Сэдэх ооньуунан «Тырыынка» уонна талах курдаах Таатталартан төрүттээх «Тыксаан» буолар. Олох сайдыытын тэҥэ аныгылыы оонньуулар эмиэ оҥоһуллаллар эбиттэр. Ол курдук, « Ат сүүрдүүтэ» уонна «Булчут» оонньуурдар интириэһи тартылар.
Быыстапкаттан ураты, библиотека үлэһиттэрэ, ыччат болҕомтотун тардар сэргэх кэпсээннээх уонна куоталаһыылаах оонньуулары тэрийдилэр. Устудьуоннар эриһэн туран,тыҥааһыннаахтык «Тыксааҥҥа», « Ат сүүрдүүтүгэр», «Булчукка» киирсистилэр. Чуумпу библиотека саалата эдэр ыччат айдаанынан, көрүнэн – нарынан, үөрүүнэн-көтүүнэн туолла. Бу тэрээһиҥҥэ сырыттылар бастакы куурустар: I охот, I лес, I зем, I зоот, Iвет группалара. Быыстапка ыам ыйын бүтүөр дылы салҕанар. Көхтөөх кыттыыны ылбыт группаларга, библиотека үлэһиттэрэ махталларын тиэрдэллэр уонна инникитин да, элбэх көрсүһүүлэр буолуохтара диэн эрэннэрэллэр.