Опубликовано: 27.01.2023

Ханнык баҕарар саха киһитэ айылҕаны, тыа сирин кытта ыкса ситимнээх. Бу омукпут биир үтүө уратыта диэххэ сөп. Ол да иhин тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар идэлээх дьон уһуйуллан тахсара төрүт дьарыгы утумнаан, омук быһыытынан сайдарбытыгар улахан төһүү буолар.

 Василий Тимофеев

Устудьуон күнүн көрсө Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччыта Виктория Афанасьевна Большакованы кытары сэһэргэстим.

— Биһиги үөрэхпит кыһата 1918 с. тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин бэлэмниир куурус быһыытынан САССР Наркомун дьаһалынан тэриллибитэ. Онтон 1925 с. техникум статуһун ылбыта. Бу уһун кэмнэр усталарыгар техникум 18 тыh. тахса испэсэлииһи бэлэмнээн таһаарда.

Техникумҥа 12 анал исписээлинэскэ үөрэтэбит. Ол курдук, сир уонна бас билии сыһыаннаһыылара, сир оҥоруута, булт, агрономия, ветеринария, ойуур хаһаайыстыбата, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы уо.д.а. идэлэригэр үөрэтэбит. Билиҥҥитэ 1128 устудьуон техникуммутугар сирэй уонна кэтэхтэн үөрэнэллэр, — диэн Виктория Афанасьевна кэпсиир.

Тыа хаһаайыстыбатын техникумун иһинэн 2016 с. учебнай-производственнай практиканы тэрийэн үлэлэтэллэр эбит. Бу устудьуон үөрэнэр идэтин үлэни кытта бииргэ дьүөрэлииригэр туһалааҕын бэлиэтииллэр. Оннук ээ, дьиҥ үлэнэн чиҥэттэххэ, билии үйэлээх буолар.

Ол курдук, техникум 90-ча араас тэрээһиннээх хаһаайыстыбалары, урбаанньыттары, кэпэрэтииптэри, бааһынай хаһаайыстыбалары кытта сөбүлэҥ түһэрсэн устудьуоннары үлэҕэ сыһыарар. Олортон сүрүннэрэ «Хачыыкат» ТХПК, «Овощевод» ТХПК, «Саюри» ХЭТ, ЯНИИСХ, Ботанический сад, ЯРВИЛ, «Туймаада» Агрохолдинг АУо, «Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката» ААУо, «Сахагипрозем» ААУо, «Сахагеокадастр» ХЭТ, «Земстройсервис» ХЭТ, ГКУ РС(Я) «Якутское лесничество» РС(Я), ГАУ РС(Я) «Якутлесресурс», «Бөртө» сылгы собуота, «Багарах» ТХПК, «Туймаада» Экоферма уо.д.а. тэрилтэлэр буолаллар эбит. Устудьуоннар сайыҥҥы өттүгэр үксүн оттооһуҥҥа, күрүө хаһаа тутуутугар, хортуоска хостооһунугар сылдьаллар. Бу тэрээһиннэр илии күүһүгэр тирэҕирэр уонна халлаан туругуттан тутулуктаах буолан, кэмигэр олус суолталаахтарын уонна туһалаахтарын бэлиэтииллэр. Холобур, ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэбитигэр турбут ойуур баһаардарыгар техникум устудьуоннара уоту умулларыыга бэриниилээхтик үлэлэспиттэр.

— Биһиги техникуммутун 2021-22 сс. үөрэх түмүгүнэн 193 устудьуон бүтэрбитэ. Мантан 52,3 % идэлэринэн үлэлии барбыттара, 37,3 % салгыы үөрэхтэрин үрдэтиммиттэрэ, онтон сорох устудьуоннар армия кэккэтигэр сулууспалыы барбыттара, аҕыйах устудьуон ыал буолбута. Хантан маннык чопчу дааннайдары ыллыгыт диир буоллахха, биһиги устудьуоннарбытын үөрэх кыһатын бүтэрдэхтэринэ, үс сыл устата кинилэри кытары сибээспитин тутабыт. Бу эдэр исписэлиистэр инникитин идэлэринэн сөптөөх үлэни булунан олох дьиҥ суолугар үктэнэллэригэр туһалаах, көмөлөөх буолар.

Устудьуоннар диэн эдэрдии эрчимнээх, айар куттаах дьон буоллахтара. Инньэ гынан кинилэр устудьуоннарга, ыччаттарга аналлаах араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ хото кытталлар. Биһиги, үөрэх кыһатын өттүттэн оннук тэрээһиннэргэ кытталларын туох кыалларынан өйүүбүт. «Арассыыйа устудьуоннарын этэрээттэрэ» Саха сиринээҕи отделениетын, «Эдэр көрөөччү театрын» кытта бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиппит. Маны таһынан бэйэбит кыһабыт иһинэн «Сырдык» волонтерскай этэрээт, «Хотой» спортивнай кулууп, «Патриот» куруһуок тэринэн устудьуоннар көхтөөхтүк сылдьаллар, — Виктория Афанасьевна салгыы сырдатар.

—  2022 с. «Профессионалитет» федеральнай бырагыраамма нөҥүө техникуммутугар өрөмүөн үлэтэ ыытыллыбыта. Үөрэтэр эбийиэкпит түннүктэрэ саҥардыллыбыттара, 19 үөрэх лабораториялара саҥардыллыбыттара, итии, тымныы уу кэлэр турбалар уларытыллыбыттара, күүрүүлээх уот проводтара уонна баһаарынай сигнализациялар саҥардыллыбыттар. Маны таһынан устудьуоннар үөрэнэллэригэр табыгастаах буоларыгар тустаах үлэлэр оҥоһулуннулар. Билиҥҥитэ устудьуоннар олорор уопсай дьиэлэрин тутуу боппуруоһугар үлэлэһэ сылдьабыт. Техникумҥа 700 устудьуон күнүскү өттүгэр үөрэнэр эбит буоллаҕына, уопсайга 300-чэкэ оҕо олорор. Ордук тыа сириттэн кэлэн үөрэнэр устудьуоннарга дьиэ боппуруоһа сытыытык турар. Инникитин бу кыһалҕа кыһарыллыа диэн эрэллээхпит, — диэн кини кэпсэтиибитин түмүктүүр.

Быйыл 2023 с Президент Владимир Путин уурааҕынан Арассыыйаҕа Педагог уонна уhуйааччы сыла, онтон Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ил Дархан уурааҕынан Үлэ сыла биллэриллибитэ уонна кинилэр быстыспат ситимнээхтэр. Маны Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун таhаарыылаах үлэтин-хамнаhын, манна үѳрэнэр устудьуоннар идэни баhылааhыңңа ситиһиилэрин нөҥүө киһи билэр.

Ону бэйэтин кэмигэр бу техникум үѳрэҕин ааһан, 1973 с. Социалистическай Үлэ Геройа ааты ылбыт Екатерина Новгородова холобур буолар үлэтэ, тыа хаhаайыстыбатыгар үрдүк ситиһиилэрэ туоһулууллар. Чиҥ билии кыайыылаах-хотуулаах үлэҕэ бастакы хардыы буоллаҕа.

https://www.sakhaparliament.ru/uopsastiba/14535-tya-khahaajystybatyn-tekhnikuma-eder-donu-kyajyylaakh-khotuulaakh-le-e-sirdiir#